Тэпсиллибит сибэкки. Хотойук Айгыына. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Хотойук Айгыына
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2021
isbn: 978-5-7696-6095-5
Скачать книгу
буортан иҥнэн охтон түстүм. Кыл түгэн биэрбэккэ, итирик күүстээх эр киһи кэннибиттэн ситэ баттаан, баттахпыттан харбаан ылан, соһо-сыһа сылдьан, ханна түбэһиэх охсуолаан, тэбиэлээн, «өлөрүөм» дии-дии бардьыгынаата. Испэр эр киһи ыар атаҕын тэбиитэ биллибитигэр саҥа үөскээбит оҕобун саныы биэрэн: «Оҕоҕун!» – диэн сытыы хаһыыбын да истибэккэ, сирэйгэ-харахха тэбиэлии турда… Онтон, өйүм-санаам өһүллэн, будул±ан тумаҥҥа сууланан эрэр курдугум да, сүтэн хааллым. Эмискэ-эмискэ өйдөнөн кэлэн иһиттэхпинэ, ким эрэ ханна эрэ соһор, ыраах дьахтар «Милииссийэ!» диир хаһыыта иһиллэн иһэн сүтэн хаалла…

      Айыыһыттарым ити дьаабыны көрөн турбуттара буолуо дуо, кинилэр быыһаабыттара эбитэ дуу – билбит суох… Биирдэ өйдөммүтүм, палаатаҕа сытарым, уум быыһынан иһиттэхпинэ, төбөм үрдүнэн ыт үрэриттэн уһуктан кэлбиппин өйдүүбүн. Кэнники ити быһылаан хайдах буолбутун ким да кэпсээбэтэҕэ. Өйбүн сүтэрэн баран, уһуктан кэлэн туох-хайдах буолбуппун билэммин уйа- хайа суох хараҕым уутунан сууннум уонна хас эмэ күнү быһа кыайан уоскуйбакка, укуолунан утуйар, уһуктар киһи буолбутум. Хас түүннээх-күнүс оннук сыппыппын билбэппин… Уйулҕабар улахан куттал, кэлэйии, кутурҕан, хомолто эрэ баара. Киһи киһиэхэ тылынан кыайан тиксэрбэт дууһам айманыыта, олоҕо-тирэҕэ, көмүскэлэ суохпун ол сытаммын күүскэ билбитим уонна бу Орто дойдуттан күрэнэр эрэ баҕа киирбитин тута сатаабытым… Ол эрээри хас биирдии киһиэхэ дьылҕатын суругар өлөр өлүү кэмнэммит кэмэ ыраах буоллаҕына, эн өлүүгэ хайдах да киирбэт эбиккин. Тус олохпор бэйэҕэ тиийинии ынырык санаата хаста да ыалдьыттыы сылдьыбыттааҕа… Ыар санаа баттыгыттан туох быата миигин тардан таһаара турарын билигин, отучча сыл ааспытын кэннэ, сабаҕалыыбын. Дьэ, ол туспа кэрчик буолан суруллуоҕа…

      Ити ынырыктаах быһыы-майгы кэнниттэн, кэргэн киһибиттэн куттаныы, сүрэх сиикэй бааһа оспоттуу оҥойон хаалбыта… Ханнык да ыраас таптал, сыһыан, инникигэ эрэл кыыма суох буолбута. Хайдах эрэ хаҕым эрэ, кутум ыраах сылдьар курдуга… Арай иһим түгэҕэр саҥа үөскүү сатыыр оҕом хайдах итиччэ үлүгэртэн куоппакка хаалбытын эмиэ да аһына, эмиэ да кэмсинэ бэйэм бэйэбэр эрэ бүгэн, бу сиргэ кэлиэхтээх оҕом ситии быатынааҕар синньигэс эрэл кыымын саҕаахтыыра…

      Күн-дьыл сыллары толороору ааһан олох бэйэтин кээмэйинэн, хаамыытынан, икки атахтаах киһи диэн харамайы олоххо дьоллуу, кимиэхэ эрэ кыратык өлүүлээн, чаастаан ааһан истэҕэ. Мин туспар олох дьоло диэн кэллэр кэлбэтэҕэ, өрүү тымныы, хараҥа түүл-бит курдук устара. Арай ийэ буолуохтаах аналбын биллэрэн, испэр баар оҕом улааттар-улаатан, хамсаан баарын биллэрэр буолан испитэ. Кэргэммин оҕо күүтэрбит да тохтоппотоҕо, саҥа киһи кэлиэхтээх үөрүүтэ долгуппатаҕа. Арыгы диэн адьарай ас абааһыта, кытаанахтык кинини баһылаан, хараҕын күүскэ баайан миигин өстөөҕүн курдук көрөрө. Ол да буоллар тулуктаһан, оҕом туһугар диэн баар- суох тулуурбун киллэрэн, сорох тымныы киэһэлэргэ ыалга куотан, саһан, өрөөн, оҕолонор күнүм чугаһаатар-чугаһаан испитэ. Биирдэ тастыҥ эдьиийигэр олордохпутуна, туохтан