1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Иван Сысолятин
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2018
isbn: 978-5-7696-5453-4
Скачать книгу
диэки хараҕын быраҕан ылар. – Бу ардах биhиги суолбутун мыыла оҥордоҕо… онно тиийэммин эрэйдэнэрбин санаатахпына, бирээмэ сүрэҕим ыалдьар. Бука, аакка киирбит Абааhылааҕым сыырын кыайан тахсыбакка, бу түүн сиргэ хонор киhи буоллаҕым буолуо… Чэ, бэйи, ол эрээри олус эрдэттэн санааны түhэрэр сатаммат! Мин да өлүү куобахтарым билигин ханна эрэ сырса сырыттахтара.

      – Быйыл эhиги диэки куобах хайдаҕый? Дьон төhө бултаан эрэллэрий? – Иван Данилович туоhуласта.

      – Син баар быhыылаах… эдэр уолаттар түүн-күнүс кыайаллар дэhэллэр. Сарсыҥҥыттан маассабай күрэх буолар, турар-турбат барыта турунар, көтөҕүллэр күннэрэ. Бэйэтэ туспа бырааhынньык курдук… – суоппар уол нөрүс гынан кэбиинэтин инники тааhынан халлаан диэки хантас гынан ылла. – Ардахпыт бу манан астан, тохтоон хаалара буоллар, өссө эбэн түспэтэр ханнык!

      Массыына кумаҕынан, бытархай тааhынан томточчу кутуллубут дэхси ньуурдаах суол устун биир тэҥ кудуххайдык айаннаан куугунатан истэ. Сотору-сотору араас суол массыыналарын утары ааhаллар. Сирдэрин ортолоон эрдэхтэринэ, ардахтара эмиэ түhэн киирэн барда. Суоппар «хара кырыыстаах» халлааны нууччалыы-сахалыы булкуйан үөҕэн субуруҥнатта уонна: «Ол халлааным истэр кулгаахтааҕа эбитэ дуу, суоҕа дуу?» – бэйэтиттэн бэйэтэ да күлэн кэбистэ.

      Суоппар уол Иван Даниловичтан ханна бултуу баран иhэрин уонна ханна тугу үлэлиирин ыйыталаста. Аны сэhэргэhиилэрин тосхоло билиҥҥи олоххо, бэлиитикэҕэ иэҕиллиннэ.

      – Биhиги, ыраах тыа дьоно, ити перестройка, уларыта тутуу диэннэрин оччо-бачча өйдөөбөкккө олоробут ээ… Оо, дьэ, ол эрээри ханныгын да иhин, били, хойуу хаастаах оҕонньорбут эрэйдээх наhаалаахтаабыт эбит, олус кыаммат буолан баран, аҥаардас уордьан-мэтээл хомуйа эрэ олорбут курдук эбит дии? Кыыhа да кыыс аххан, күтүөтэ да күтүөт үс кырыылааҕа. Били, «Сулус күтүөтэ Чолбон диэммин» диэбиккэ дылы дьон буолан биэрдэхтэрэ. Талбыттарынан, бэйэлэрэ билэллэринэн дьаhайан, бас-баттах баран, норуот баайыгар-дуолугар көҥүл күөнэхтээн, Омоллоон олоҕор, Дьэргэстэй ыhыаҕар олордохторо, – суоппар уол чыпчырынан баhын быhа илгистэн кэбиhэр.

      – Ол туhунан барытын биhиги кэнниттэн эрэ истэбит, соhуйабыт-өмүрэбит, – диир Иван Данилович, күлэ-күлэ. – Ол кэннэ сэбиэт былааhын норуот былааhа дии сырыт! Барыта тылга эрэ, барыта көрүнньүк, албын, хараҕы баайыы!

      – Ээ, кэбис, доҕоор, наhаа инньэ диир сүрэ бэрт буолаарай… Оттон син сэбиэскэй былаас үтүөтүнэн бу кыра норуоттар киhи-хара буоллахпыт дии? Бачча сайдан хайаан… – Сайдыы баар эрээри, өссө үчүгэйдик, өссө күүскэ сайдыахтаах этибит, быдан ырааппыт буолуохтаах этибит.

      – Мин, көннөрү киhи, көрдөхпүнэ, биhиги билигин даҕаны куhаҕана суохтук олоробут ээ.

      – Ол эн санааҕар оннук… Дьиҥинэн, бу Саха сирин курдук айылҕа сүҥкэн баайдаах сир олохтоохторо «куhаҕана суохтук» эрэ буолбакка, дьиҥ кыахтаахтык, баайдык-дуоллук олоруохтаах этибит.

      – Оттон эhиги, үөрэх-хаар үрдүгэр, киин сиргэ сылдьар дьон, дьиҥин билэн-көрөн эрдэххит, бу биhиги