Ол барыта кини долоҕойугар бэрт хойут тиийбитэ.
Сарсыныгар Ньукууска сыыһа тахсыбыт диэбитигэр, киһитэ сапсыйан эрэ кэбиспитэ. Ити итинник хаалбыта…
Оттон кинилиин Дьокуускайга учуутал рабфагар үөрэммит, пединститут икки мэндиэмэннээх мас уопсайын хоһугар бииргэ олоро сылдьыбыт, кэлин улахан суруйааччы буолбут Соппуруон Алаастыырап бэйэтин кэпсээнигэр Ньукууһу Тулааһынап диэн араспаанньалаабыта эмиэ дьикти ээ. Тулааһынап, Тулааһын… Ол аата, ким эбэтэр туох эрэ тулааһына, тирэҕэ диэн өйдүөххэ сөпкө дылы. Дьиҥэр, Ньукуустаах Мандаараптар диэн этилэр буоллаҕа дии. Оттон Миитэрэй тоҕо эрэ Тытыгынаайап буолан хаалбыт этэ. Тоҕо? Бу кэлэн өйдөөтөххө, соччо үчүгэйэ суохтук иһиллэр араспаанньа быһыылаах. Тытыгынайбыт буолан… Ону Алаастыырап тыыннааҕар өйдөөн ыйыппакка хаалбыт эбит. Соппуруон обургу туох эрэ түгэх санаалааҕа чуолкай. Миитэрэй ол сахха итиннэ суолта биэрэн, соччо толкуйдуу сатаабатах да буолуохтаах. «Кэпсээн суруйарбар эн түбэлтэҕин туһанабын дуо?» – диэбитигэр улаханнык утарса сатаабатаҕа. Хайыы үйэ кэпсээн бүтэн баран, тугу чымаарыстаныа да этэй, дьиҥэ баара?! Оо, онно Алаастыырапка сүүрбэччэ сыл сүгэһэр оҥостон, быһа ааллара сылдьыбытын тоҕу тэбээн баран, чэпчээбитиэн эриэхсит?! Таҥараны итэҕэйээччилэр олохторугар исповедь хайдахтаах курдук дириҥ суолталааҕын онно кэлэн дьэҥкэтик өйдөөбүтэ.
Соппуруон кэпсээнигэр, биллэн турар, эбии-сабыы элбэх. Уус-уран суруйуу буоллаҕа… Холобур, Миитэрэй ол бэстилиэтин элбэрээгин төлү тардыбыт кырыыстаах түгэнин туһунан кимҥэ да, хаһан да кэпсиир санаата суоҕа. Эгэ кэлэн, ону Ньургуҥҥа ханнааҥҥы санаатынан этиэ этэй?! Туох диэн?!
Ол да буоллар, Миитэрэй кэнники кэмҥэ тоҕо эрэ ити кэпсээни хос-хос ылан ааҕар мээтик буолан хаалла. Сырыы аайы саҥаттан ааҕар курдук, сырыы аайы сүрэҕэ саҥаттан хааннааҕынан ытыыр… Кэпсээҥҥэ буоллаҕына, ардах түһэр да түһэр… Оттон Соппуруон өҥүрүк куйаас сатыылаан турар кэмигэр сылдьыбыта… Миитэрэй ону илэ-чахчы өйдүүр. Ымпыгар-чымпыгар тиийэ.
Алаастыырап тыа сиригэр от-үүт үлэтин сырдатар матырыйаал хомуйа тахсыбыт буолан, сири-дойдуну кэрийэн, кини отуулана сытар ходуһатыгар киэһэлик биирдэ тиийэн кэлбитэ. «Бөрөнү эрэ буолбатах, суруксуту эмиэ атаҕа аһатар», – дии-дии, барбах будьурхайдыҥы курдук баттаҕын өрүтэ анньына-анньына, харахтара чаҕылыһан, мылаллан турара букатын бу баар. Кырдьыга да, билбэк-кэ-көрбөккө тугу суруйуоҥуй?!
Аараттан холкуос бэрэссэдээтэлин көмүскэһэн, дэлби өрүкүнүйэн кэлбит этэ. Инструктор уол: «Райком быгыһыҥҥы быһаарыытынан сиилэстиир күөх маассаҕа анаан кукуруза ыһыллыахтаах бааһынатыгар бурдугу ыстарбыккын!» – диэн сэрииттэн мас атахтаах кэлбит Маппыайабы тыыннаахтыы тутан сиэх курдук үһү. Бэрэссэдээтэл: