Ахсааннаах чыпчылҕан иһигэр Соболев төбөтүгэр араас санаа булумахтаста. Кини, уһата-тэнитэ барбакка, сип-сибилигин иккиттэн биирин быһаарына охсоро наада этэ. Урукку штабс-капитан бассабыыктары, кинилэр диктатураларын ис сүрэҕиттэн абааһы көрөрө. Сэбиэскэй былаас суулларын туһугар кини олоҕуттан уратытын барытын биэрэрин даҕаны кэрэйиэ суох этэ. Ити туһугар кини кыргыһыыга даҕаны киирсэргэ бэлэмэ. Ол эрээри бу кыргыһыы кыайыынан түмүктэниэҕин бигэтик билэр буоллаҕына. Кыһыллар кыайтараллара чахчы буоллаҕына. Оттон туга-ханныга биллибэт суолга… Кини ааспыт өттүгэр элбэхтэ кэһэйдэ. Дьолго, кэһэйдэ эрэ. Аҕыс-сэттэ сыл устата сэриигэ сылдьан, Соболев тиһэҕэр тиийэн саамай кылаабынайа тыыннаах ордор эбит диэн санааҕа кэллэ. Ити да гыннар үрдүк өрөгөйгө, албан аакка тиксэр суолтан туора туран хаалар эмиэ да кыһыылаах буолуохха дылы. Итиэннэ сүгүн туора туруоруохтара суоҕа баар. “Күүрээннээх күннэргэ туора турбутуҥ”, – диэн ол кыайбыт-хоппут дьон эйигин биир буулдьа аһылыга оҥордохторуна даҕаны көҥүлэ.
“Хайыахха? – Соболев харааччы мунан багдаллан турда. – Бу азиаты сибилигин үүрэн таһаардахха? Ол-бу кутталлаах сибээскэ киирсибэтэххэ? Оччоҕо бу дьиккэриҥ тута дьонугар биллэриэ. Оччоҕо кыһылларга букатыннаахтык эргийбиккэр тахсар, кэлин били кытаанах иэстэбилгэ түбэһэҕин. Кэбис… Рейнгардт, ыһыыт атамаана, бука, билэн холбостоҕо. Пепеляев хайаан да кыайарын эрэнэн. Оччоҕо билигин аккаастаан кэбиһэр хайдах да сатаммат. Оо, хайыах муҥуй?.. Сатана дьэбириэйэ умнубатах соруон”. Кини санаабатаҕа буоллар, Соболев, билиҥҥитин курдук, ылы-чып олорон бу айдааннаах күннэри аһарыа этэ. Уонна, Пепеляевтаах куораты ыллахтарына дьэ кинилэргэ холбоһуо этэ. Ону баара… “Хайыахханый? Чэ билигин сөбүлэммитэ буолуохха. Соччо куттала суох бытархай сорудахтарын толоруохха да сөп. “Кини тыла – бирикээс”, – диэбит дии. Бу азиат тылын. Олус кыаллыбат суолу этэр үһүө? Эттэҕинэ да ылыныллыа суоҕа. Чэ бэйи, хайдаҕа-туга