Иччи. Сибиэн. Абааһы. Народное творчество. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Народное творчество
Издательство: Бичик
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-3365-2
Скачать книгу
сылдьыбыттар. Онно Демьян Попов диэн мааны, баай ыал оҕото Сергейгэ кыыһыран тиэрэ охсон түһэрэн баран, кытаанах баҕайы төбөлөөх хаатыҥкатынан көхсүгэ тэбиэлээбит. Сергей айаҕынан хаана барбыт, ытаабыт, хаанынан ыһыахтана-ыһыахтана охсуһа сатыы сылдьыбытын, Тимофей Миитэрэйдиин быыһаабыттар. Уолбут онтон ыла санаата түспүтэ, ыарытыйар буолбута, урукку көрө-нара сүппүтэ.

      Сити бириэмэҕэ өлүү түбэлтэлээх били абааһыбыт уочараттаах кэлиитин оҥорбута. Биһиги бу сырыыга тоҕо эрэ утуйар миэстэбитин уларыппыппыт, хаҥас быыһы бата икки ыарахан орону холбуу тардан үс буолан сыппыппыт. Мин улаҕа, Сергей ортоку, Тимофей уот диэки сыппыта. Ол курдук чөкө, бэйэ-бэйэҕэ чугас курдук буолар этэ.

      Утуйан эрдэхпитинэ эмиэ кэлэр сиринэн, суол аанынан, тыаһаан барда. Идэбинэн, соҕотох буолуом диэн куттанан, суорҕаммын бүрүннүм, онтон уолаттар утуйа иликтэрин билэн, үөһэ тыынным. Үһүөн бииргэ эрэйи көрөр чэпчэки курдук эбит этэ. Тыаһаан-ууһаан, тытыгыраан-татыгыраан дьиэни эргийэ аймаан баран, оһох кэннигэр тиийэн тимири тимиргэ аалар, киһи тииһин кыйар курдук тыаһы таһаарар буолла. Кылыгыраан-халыгыраан, хатан тыаһы таһаара сырытта. Бу уруккутааҕар саҥа тыас этэ. Тыаһаан-ууһаан барарыттан биһиги куттаммат буола үөрэммиппит эрээри, утуйан биэрбэт этибит. Ону-маны кэпсэтэн ыларбыт. Ол сыттахпытына, тыас түп гына түстэ да, Тимофей: «Айа, киһини тоҕо охсоҕун?» – диэн саҥаран хабылла түстэ.

      – Суох, мин охсубатым, абааһы оҕуста дии, – диэн хардарда Сергей.

      – Ама, доҕор, хайдах кырбаталаан барыай? – диэн буолла.

      Тохтообуппут кэннэ кими да ордорбокко охсон добдугуратан барда. Тыаһа түп гынан иһиллэр. Быһыыта сутурук курдук төкүнүк, биир сиргэ дьөлө охсор, ыарыыта түөртээх оҕо охсорун курдук. Тимофей сүбэтинэн ойоҕоспутунан сытан баран окумалбытын тоһуйан биэрэ сыттыбыт. Иттэннэри сыттахха быарга, искэ түбэһиннэрдэҕинэ, ыарытыннарыыһы диэн буолла. Оннук ойоҕоһунан сытан син элбэх охсууну ылла.

      – Абааһы кокуоскаттан куттанар үһү, – диэтэ Сергей. Иһиттибит, сүбэлэстибит. Кими эмит оҕустаҕына, силлээх кокуоската биэриэххэ диэн буолла. Бэлэмнэннибит. Сотору соҕус кими эрэ охсон бах гыннарда да, биһиги үһүөн тэҥҥэ «тьфу, мэ!» диэт, хараҥаҕа атахпыт диэки силлээх кокуосканы сыҕайдыбыт. Тохтоон сыта түстүбүт. Кырдьык да, өс киирбэх, охсоро тохтоото. Оннооҕор тыаһаабат буолла.

      – Абааһыны утары «эмп» кыра да эбитин билбэккэ, кыһыны быһа эрэйдэммиппит, – диэтэ Сергей соһуйбуттуу. Оннук эбит диэн бары күлсэн тоҕо бардыбыт. «Аны «эмин» буллубут, туох буолар үһүбүт», – дии-дии, ис-испититтэн иэрийэн күллүбүт. Кырдьык да, итинник ынырык суол тойоно олох боростуой кокуоска буолара киһи күлүөх суола курдук этэ. Хайдах мэлдьи күлэ сытыаҥый, тохтоон утуйан эрдэхпитинэ, охсуолаан барбат дуо! Тохтоло суох барыбытын охсор. Биһиги били кокуоскабытын сыҕай да сыҕай буолабыт. Туһа суох буолла, охсоро эбии сэтэриир. Хайыахпытый, урукку үгэһинэн тутуспутунан туран таһырдьа сылдьан баран биир илии