Сүрэли саататар аналлаах.
***
Үөҕүллүбүт. -
Тупсаҕай.
Билбэтэхтэр -
Элбэхтэр.
Быһа ыксаан -
Этимэ.
Кэҕэ,
Дьиҥэр, -
Кэрэ кыыл.
Баалаама,
Ыксаама,
Кыра ычаны
Төрүттээмэ.
Куһаҕаны сөҕүмээр.
Кэҕэ -
Көтөр сөҕүмэр.
Ким эрэ
Күн ытыһын үрдүгэр
Үрдүнэн үрүҥ чыычааҕы
Көтүппэт.
Кэҕэ эрдэттэн
Иэдэскэ бэрдэрэн
Туспа дьылҕалаах олоҕун
Утарбат.
***
Сырдыгы өрүүтүн харыстаа. Мус.
Күн аайы.
Хараҥа кэлэригэр – кэлиэ.
Ол иннинэ үчүгэйгэ тардыс,
Олох үтүөтүн иҥэрэн.
Бу сиргэ туох барыта иккилии.
Уубун ханан турбуппар улахан махтал.
Ыас хараҥаттан күннээххэ уһуктубутум:
Көрдөххө – судургу.
Дьиҥэр – ааттаах абырал.
Тэҥ кээмэйи тутус.
Орто дойду – ортонон олорор.
Тобус-толору чороон дьолу
Баҕар, туора-маары ыс,
Ол эрэн кэмиттэн кэмигэр толор.
Хараҥа ханна да сүппэт.
Куруук аттыгынан батыһа сыльдьыа.
Эн сырдык баарын эрэ умнума.
Туох барыта бу сиргэ иккилии.
***
Балыыһаҕа, армияҕа, уочаракка
Бириэмэ бытааннык да ааһаахтыыр.
Тохтуу түс,
Ыксаама,
Ырыт
Бу сурулла турар олоҕун кэпсээнин.
Киһи отой да соҕотох айыллыы буолбатах.
Саҥата суох маныыр кинини сир ийэ дойду,
Хас хаамыытын алҕыыр көмүстээх күн,
Хаста өрө тыыммытын билэр ыйдаах түүн.
Халлаан үөһээттэн батыһар.
Дьол хараҕа суох харахтаах,
Киһи үчүгэйгэ, үөрүүгэ ымсыылаах.
Тиэтэйбиккин тиэрэ тэбэн
Олох кэм хамсаабат хаппахчытыгар умса анньар:
Олоро түс,
Толкуйдаа,
Барыны барытын эргитэ тараа.
***
Санааларым – баттахтарым.
Төрдүгэр – хойуу,
Бүтүүтүгэр – убуур.
Ити курдук олох эмиэ:
Саҕаланар өлгөмнүк,
Тиһэҕэр – өлүү.
Ол да буоллар хомойуу
Сиргэ түһэн хаалыаҕа,
Үүнэр оннугар саҥа күн,
Туох барыта ааһыаҕа.
***
Эдэр сааһым аны төннүбэт.
Ытаабаппын,
Ыллаабаппын,
Ыҥырбаппын.
Ааспыт төттөрү эргиллибэт.
Саас устар
Сыл хонук
Синэ биир.
Кэм-кэрдии эргиирэ эриллэн,
Бу кэллим бүгүҥҥү түгэҥҥэ.
Хайдах баарбынан,
Илэ турар бэйэм.
Билиҥҥибин талын,
Сэҥээрин,
Сөбүлээн.
***
Суох, таах олорботоҕум:
Баайбытым,
Кинигэ аахпытым,
Хаартыскалаабытым,
Күн анныгар сылаанньыйбытым,
Кулунчук