Тайҕа таайыллыбатах таптала. Надежда Егорова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Надежда Егорова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5519-7
Скачать книгу
үбү-харчыны ааҕар буҕаалтыр идэтин баһылаабытынан иһигэр кыратык киһиргэнэ саныыра. Биир саастыылаахтара үгүстэрэ учуутал, быраас үөрэҕэр үөрэммиттэрэ. Олортон санааларын хоту табыллан олорооччу аҕыйах. Наар тиийбэт тирии, таппат тараһа буолан биэрээхтииллэр…

      Оттон Виктория олоҕо арыый атын. Кини таптыыр кэргэннээх, игирэ оҕолордоох. Кыыһа куорат биир сис ыалын оҕотугар кэргэн тахсан, этэҥҥэ олорор. Уоллара ытык иэһин толороору, тылланан туран, аармыйаҕа сулууспалыы барбыта. Онон, кэргэннии Соловьевтар иккиэйэх эрэ хаалан олороллор.

      – Хоойго сытар холоонноох доҕорбунаан уҥа- таала таптаһар, ырайга көтөн ылар кэммит дьэ кэллэ быһыылаах дии, – Герман сиэри таһынан улахан оронноруттан кэргэнин «булан» ылан, бэйэтин диэки ыксары тарта.

      – Ээ, ким билэр! Хайдах эрэ таптаһа оонньуур настырыанньа суох. Оҕолорбутун улаатыннаран көҥүлгэ көтүттүбүт эрээри, тоҕо эрэ курус санаа кууһар. Үлэлиэхпин да баҕарбат буоллум. Урут кэм оҕолорбут тустарыгар тугу эрэ ситиһэ сатаан, күнү-дьылы билбэккэ хааларбыт. Билигин көрөн үөрэр, истэн сэргиир туох да суох курдук.

      – Кэбис, инньэ диэмэ. Киһи хаһан эрэ бэйэтин туһугар эмиэ олоруохтаах. Оҕолорбутун дьон сиэринэн улаатыннардыбыт. Аны бэйэбит туспутугар олорон көрүөх ээ. Өйдүүгүн, Васек кыра эрдэҕинэ били икки этээстээх оронноох этибит дии. Кини үөһэ, биһиги аллара сытарбыт. Биирдэ түүн ортото таптаһа сытан, уубутугар-хаарбытыгар киирэн эрдэхпитинэ, соһуйан олоро түспүтүн уонна…

      – Кэбис, санатыма-аа. Оо, онно мин оҕобуттан кыбыстыбыппыан… – Виктория кыра оҕо курдук ытыстарынан сирэйин саба тутунна.

      – Сэгэрим, билигин даҕаны кыыс оҕолуу кыбыстаҕын! Оччоҕо буоллаҕына кыра чыычаахпыт эмиэ кыыс оҕо кылааннааҕа буолуо дии? – Герман кэргэнин дьээбэлиэх санаата кэлэн, аны ханна да ыытыа суохтуу, күүскэ да күүскэ ыга кууста, тыыннарар да бокуой биэрбэккэ, уохтаахтык сыллаан-уураан барда.

      Виктория, тоҕо эрэ, уокка оҕустарбыт киһилии, хара күүһүнэн кэргэниттэн төлө көтөн, дэлэгэй орон биир кытыытыгар баар буолан хаалла.

      – Сөп, өйдөнөр! – эр киһи эмиэ оронуттан туран, хоһун аанын тыастаахтык сабан, саҥа туттубут күүлэлэригэр таҕыста.

      Герман аттынааҕы дьиэлэр түннүктэрин диэки ымсыырбыттыы көрөн ылла. «Хас биирдии түннүккэ орто дойду олоҕо оргуйан олордоҕо. Оттон ити, уота суох түннүктэрдээх дьиэлэртэн биирдэстэригэр, баҕар, уоллаах кыыс имэҥнээхтик таптаһа сыттахтара. Эдэрдэр тапталлара хаһан да уостубатын, олох олорон истэхтэрин аайы бэйэ-бэйэлэригэр өссө күүскэ тардыһан, толору дьоллоохтук олордуннар», – диэн санаан ылла уонна сүр күүскэ үөһэ тыынна.

      Төһө өр маннык санньыар санааҕа куустаран олоруой, күһүҥҥү халлаан да тымныытын биллэрдэ, соччо баҕарбатар даҕаны, дьиэтигэр киирдэ.

      Кэргэнэ, туох да буолбатаҕын курдук, хата утуйа охсубут. «Дьэ, кытаанах ньиэрбэлээх эбиккин!» – дии санаан кэлэйбиттии көрдө.

      Виктория олус минньигэстик утуйан турбутуттан астынан оронугар