Тайҕа таайыллыбатах таптала. Надежда Егорова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Надежда Егорова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-5519-7
Скачать книгу
аах күргүөм саҥата, тыраадыйа көтөр тыыраахы аймалҕана, күөлгэ үөрдүспүт кустар аhаан чомполоhоллоро, балык оонньоон уу ньуурун ии оҥорон төкүнүтэрэ – бу барыта киhини уоскутар, сүрэҕи манньытар.

      Алаас куула өттүгэр хара мастаах тыа быыhыгар дьон хараҕыттан дьалты тутуллубут үүтээнтэн сүгэ кыбыныылаах, харабыын сүгэhэрдээх, саас ортолоох киhи соруктаах аҕайдык тахсан куруҥ тыаҕа кэтит көхсө аҕыйахтык көстөн хаалла. Кэнниттэн ыта саппай уобуста.

      Бу түҥкэтэх сири иччилээн олорор Борокуоп сылдьар. Сайдыылаах олохтон, дьонтон-сэргэттэн тэйэн, хара тыаны дьиэ оҥостон, олоҕун үтүөтүн бараата. Дойду олоҕо кинини долгуппат, соҕотохпун диэн тутахсыппат. Айылҕалыын биир ситим буолан, күннүүн тэҥҥэ турар, күн киирдэҕинэ үүтээнигэр бүгэр. Дэбигис киhи өйдөөбөт олохтоох.

      Оҕо сааhа аҕыс кылаастаах оскуолалаах, кыракый уhуйааннаах, дьоҕус кулууптаах сэлиэнньэҕэ ааспыта. Ол кулуупка бибилэтиэкэ, эмтиир пуун, холкуос хонтуората, буоста олохсуйан үлэлиир буоланнар, дьон тоҕуоруhар сирэ этэ.

      Борокуоп төрөппүттэрэ пиэрмэ үлэhиттэрэ буолан, Ыкынаачайдааҕы кытта биир дьиэҕэ дьукаахтаhан олорбуттара. Ийэтэ ыанньыксыттаабыта, түргэн-тарҕан туттуулаах, саҥарбыт-иҥэрбит, киириилээх-тахсыылаах дьахтар этэ. Аҕата, төттөрүтүн, мөдөөт, аҕыйах саҥалаах, үлэттэн атыны билбэт бүгүрү киhи этэ. Кыhын холкуос сүөhүлэригэр уонча атынан от тиэйэрэ. Борокуоп аҕата хараҥаттан хараҥаҕа сылдьар буолан, кыһын кинини бэрт сэдэхтик көрөрө. Сайын окко солбуллубат кыдамаhыт буолан, ааттыын Кыдама Сэмэн дэннэҕэ. Уол Кээтии диэн бэйэтиттэн үс сыл аҕа эдьиийдээҕэ, ол эдьиийэ атын оройуоҥҥа эргэ барбытын эрэ билэр.

      Уол уон биир саастааҕар аҕата акка быарын быhа тэптэрэн өлбүтэ. Дьэ ити кэмтэн ыла тиийиммэт-түгэммэт олох саҕаламмыта. Барыта наар аанньа буолбута, Борокуоп биир саастыылаахтарыттан ордук хачаайылара этэ. Эбиитин үөрэҕэр мөлтөҕүнэн, хотон сыттааҕынан сирэй-харах анньыллара, кинини куруук туораталлара, түгэн көhүннэр эрэ охсо, тэбэ сылдьаллара.

      Арай сайын сайылыкка таҕыстахтарына уол көҥүл-босхо сылдьара. Манна кинини ким да тыыппата. Пиэрмэ эмдэй-сэмдэй оҕолорунаан үрэххэ сөтүөлээн, тыаҕа моҕотойдоон, ынах эмтэрэн, ньирэй аһатан хайҕаналлара. Борокуоп биирдии кылааска иккилии сыл чиҥэтэн үөрэнэ сатаан баран, алтыһынан бүтэн, хотоҥҥо саах таһааччынан үлэлээбитэ.

      Уол уон аҕыһыгар сокуоннай сааһын ситэн, аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. Үөрэҕэ суох буолан, стройбакка түбэспитэ. Атаҕастабыл амырыынын манна билбитэ. Бары «баппаттар» мустубут чаастара буолан, «дедтэрбит» дэнээччилэр арыгы истилэр да, эдэрдэри араастаан эрэйдээн саатыыллара. Борокуоп ити үлүгэр кырбаныыттан хайдах дойдутугар тыыннаах эргиллибитин билигин сөҕөр эрэ.

      Эдэр киһи майгыта уларыйбыта. Дьонтон куттана сылдьар, тэйэ туттар буолбута. Аармыйа олоҕо кинини ханан да сайыннарбатаҕа, өссө муҥкук оҥорбута. Дэлби дьөлүтэ сынньыллан, хайа охсор аҥаара эргиллээхтээбитэ.

      Эдьиийэ Кээтии бэтэринээр үөрэҕин бүтэрэн барбыт этэ. Ийэтэ ыарахан үлэттэн ыарыһах буолан, суккуруур тыына эрэ хаалан, уолун илиитигэр өлөөхтөөбүтэ. Барар сирэ баҕана үүтэ буолбут Борокуобу хата Тыаһыт диэн кырдьаҕас таба тайанан, тыаҕа, булка илдьэ тахсыбыта. Дьэ, онтон ыла отучча сыл хара тыаны «кэтэ» сырыттаҕа.

      Айылҕа киэҥ дуола уолу хам кууспута. Борокуоп куттуун-сүрдүүн булт абылаҥар ылларбыта. Тыа хас тоҕойо, мындаата кинини араҥаччылыырын, арчылыырын этинэн-хаанынан билбитэ.

* * *

      Тыаһыт кырдьаҕас бастаан тыаҕа тахсарыгар бу, билиҥҥи Борокуоп, саастыыта этэ. Кыра, хачаайы бэйэтэ Баай барыылаах Байанайтан бэриһиннэрбит дьоро киэһэлэригэр курданарыгар диэри сыгынньахтанан, үүтээн муҥур тойоно буолан күлэ-үөрэ, кэпсии-ипсии олороро үчүгэй да этэ.

      Чороҥ соҕотох, айылҕа дьиҥнээх оҕото Тыаһыт Борокуобу булт кистэлэҥэр, өбүгэ сиэрин-туомун тутуһарга үөрэппитэ уһуйбута. Эдэр уол киһи киһиэхэ истиҥ сыһыанын Тыаһыттан билбитэ. Барахсан майгыта үчүгэйэ, аһыныгаһа, киһи кэрэмэһэ этэ. Тайҕа ыарахан олоҕун иккиэ буолан эрдээхтик тулуйаллара. Сыллааҕы түүлээхтэрин былаанын энчирэппэккэ толороллоро.

      Борокуоп сиһин этэ ситэн, буутун этэ буһан, баараҕадыйан, киһи толло көрөр киһитигэр кубулуйбута. Сүүһүн аннынан сургуччу көрөр, үрдүк уҥуохтаах, тыаһа суох хаамар, аҕыйах эрээри, сөҥ куоластаах уола хаан бэрдэ буолбута. Тыаһыттыын Саҥа дьылга түүлээхтэрин туттара киирдэхтэринэ оннооҕор оччотооҕу бардам тойоттор Борокуоптан куттарын-сүрдэрин баттаталлара. Суохтан атыны билбэт кыладыапсык Уйбаан уолу көрдө да, өрө татахайдана түһэрэ, тугу көрдүүллэрин биэрэрэ. Кэлин дьоҥҥо:

      – Ити, Тыатааҕы баҕайы улахан хомуһуннаах ойуун быһыылаах! Кини хараҕын көрдүм эрэ, этим сааһа аһыллан, ханна да кэлиэх-барыах сирбин булбаппын, – диэн кэпсиирэ.

      Борокуобу «Тыатааҕы» диэн Тыаһыт ааттаабыта. Уол күөгэйэр күнүгэр сырыттаҕына кыстык хаар түспүтүн кэннэ иккиэн муус аннынан илимнии сылдьыбыттара. Кыһайбыт курдук ыттарын үүтээҥҥэ баайан хаалларан кэбиспиттэрэ.

      Арай Борокуоп муус аллара турдаҕына, кэннигэр «һөх-һөх» дии-дии, ким эрэ бэрт ыардык сүүрэрэ, муус тыаһаан чачыгырыыра иһиллибитэ. Эргиллэн көрбүтэ, доҕоор, дьонтон уонча эрэ хаамыылаах сиргэ арҕахтаабатах эһэ арҕаһын түүтүн туруоран, сыраанынан саккырыы