Урут бобуллубут айымньылар. Валентина Семенова. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Валентина Семенова
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2019
isbn: 978-57696-5462-6
Скачать книгу
ылан, эргичитэн аҕалан, мууска тиэрэ быраҕан кэбистэ. Ол гэннэ ыллыы-ыллыы арыгы иһэ олорор дьон диэки ыстаҥалыы турда. Ону көрөн, дьон күссүүлэрэ-үөрүүлэрэ ыраатта.

      – Ити кыайар уола сүгүннээмээри гыммыт ээ, бадаҕа, – дэстилэр Томторук уолаттара, чардаат аллара туран…

      – Дьэ, сүрдээх киһи, доҕор, ити хаһаак! – диэтэ Борокуопай.– Көр эрэ, Уйбааны эбэтэ эмээхсин булбут.

      Мин ону өйдүөн көрбүтүм, Уйбааны итирбит нуучча эмээхсинэ өрө көрөн туран саҥарар: «Тоҕойум оҕото, тоҕойум оҕото, оннук буолбат дуо?»

      Уйбаан буоллаҕына, абааһы көрбүт киһи быһыытынан, иэдэс биэрэн баран, тугу да саҥарбакка, биһи диэки аһыннарыах курдук көрөн турда. Киһибит тоҥмут, аччыктаабыт быһыылаах, – үүтүн тохпут оҕо курдук буолан хаалбыт. Мин аттыгар тиийэн: «Уйбаан, ити эбэҥ эмээхсин дуу?» – диэн күлэ-күлэ ыйыттым. Онуоха Уйбааным өһүргэннэ быһыылаах: «Күтүрү ким билэр, абааһы кыыһын курдук баҕайы булла дии!» – диэтэ, муннунан сыҥсыйан баран.

      – Дьэ, сүрдээх дьүһүннээх киһи, итирбит буола-буола! – диэтэ Борокуопай.

      Ити итинэн ааста.

      Муҥха тахсыытыгар дьон бары чардааты тула үмүөрүстүлэр. Манаахпыт чардаат уутун илиитинэн кириэстии охсон баран, бэспиирэ бытаҕайын бырахта.

      – Эбэбит түгэҕин көрдөрөө ини, – диэтэ Томторук оҕонньор, кыл хамыйаҕынан ууну буккуйа туран.

      Кырдьык, кини эппитин курдук, икки киһи арычча тардар, үчүгэй баҕайы дьүһүннээх кыһыл собо бачыгырыы түстэ.

      – Көр, балык кэллэ ээ! – дэстилэр үөрбүт дьон саҥата.

      Балыктарын мууска баһан кэбистилэр. Манаахпыт балык үс гыммыт биирдэрин быһа хомуттаран ылан, күүлгэ куттарда да, сыарҕалаах акка олорон, куоракка тэптэрэн хаалла. Кини барарын аҕай кытта, айдаан буола түстэ. Хаһаактар балык үс гыммыт биирдэрин биһиги ылыах кэриҥнээхпит диэн мөккүөрү туруордулар. Онуоха сахалар буолумматылар, балыгы баар киһи баһынан үллэстэргэ сөп диэн. Онтон этиһии, үөхсүү буолла. Ол икки ардыгар били итирик эккирээбит хаһаак, хантан эрэ ыстанан кэлэн, туох да эппиэтэ суох кутулла сытар балык оттотугар киирэн туран:

      – Балыгы аҕалыҥ да сабаас, – дии-дии, үөгүлүү турда.

      Онуоха Томторук оҕонньор, маатыралыы түһэн баран, итирбит хаһааҕы тутан турар кыл хамыйаҕынан сүүскэ сырбатта. Хаһаак хаана өрө тыга түстэ, киһи эрэ буоллар, уолуйан, саҥата суох ах барда. Онтон туран, өлүү болдьохтооҕун, Томторук биир хардааччы уола түөскэ аста. Дьэ, онтон хаһаак өйдөнө биэрэн, уолу сыҥаахха биэрдэ. Инньэ гынабын диэн, хаһаак эрэйдээх, дьэ, өллө – Томторук уолаттара кинини көмөлөөн, хасса суох охсон-тэбэн бардылар. Киһилэрин биир да хаһаак көмүскэспэтэ. Ити икки ардыгар дьон, балыгы былдьаһан, ыһыы-хаһыы буола түстэ. Сытар собону ким санаалаах иһиттэригэр хаһыйдылар. Киһиттэн эрэ ордук Томторук уолаттара балыгы кыайдылар. Оҕонньордоро хаһыытаан-ыһыытаан көрдө да, ким да ону истибэтэ. Биһиги эрэйдээхтэр соһуйбут курдук туран хааллыбыт, балык былдьаһар диэн санаа киирбэтэ. Биһиги дойдубутугар балыгы былдьаһан охсуспат