Өлүү-тиллии икки ардынан. Прокопий Чуукаар. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Прокопий Чуукаар
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2004
isbn: 978-5-7696-6109-9
Скачать книгу
дойду килбэйэр киинэ бу буоллаҕа диэх курдук, хоҥурахха туруору сааллыбыт сонос тоһоҕо төбөтө тулаайахсыйбыттыы суос-соҕотоҕун чоройор. Тыал күрүс-күрүс күүһүрдэҕинэ, хаар үрдэ үллэҥнээн ылар, оччоҕо туох эрэ тыынар тыыннаах чугас баарын курдук санаа үөскүүр. Бай! Хантан эрэ бэрт чугастан киһи саҥатын дорҕооно иһиллэргэ дылы. Ону даҕаспытынан итиннэ-манна ыттар боҕурҕастылар. Үрдүлэригэр тыал типпит хаарын тэбэммитинэн көлүүр ыттара туран үллэҥнэстилэр, уҥа-хаҥас олоотоһо-олоотоһо тыыллаҥнаһан кэдэлдьистилэр, бэйэ-бэйэлэрин сытырҕаһан ыла-ыла көп кутуруктарын хамсатан эйэргэһэн дуу, сэһэргэһэн дуу бардылар.

      Ити кэмҥэ бүтүннүү түү таҥастаах киһи хаар хаптаччы баттаабыт балааккатын иһиттэн сүр сымсатык ньылбы ойон тахсан итииргээбит курдук бэргэһэтин кэтэҕин диэки сэгэччи анньар. Дьэ уонна хомурах анныттан уп-уһун сыарҕатын туруору анньар, утуйан турбут таҥаһын-сабын, малын-салын дьып-дьап кэлгийтэлиир, ыттарын аалыктарын бэрийэ түһээт: «Бата-бата!» – диэн хамаанда биэрэрин кытта, бэйэ бодолорун тардына охсубут ыттар барахсаттар иннилэрин хоту муҥ кыраайынан түһүнэн кэбиһэллэр.

      Били көрбүт тураҕас ураҕаспыт ыт сыарҕатын тохтотор тарыыр маспыт эбит. Оттон соһуйа истибит саҥабыт «спидола» сэһэргиир сонуна буолла. Хоту дойду хоһуун булчута Уйбаан Кырбыһааҥкын хоҥурах анныгар хонон аастаҕа ити. Ыттарын да аһаппакка, бэйэтэ да үссэнэрэ көстүбэккэ ойутан хааллаҕа эчи суһалын.

      Уйбаан ыттарын сууккаҕа биирдэ эрэ аһата үөрэтэлээбит. Киэһэ хонук сирдэригэр кэллэхтэринэ, балааккатын бэрт барбах өгдөтө түһэр уонна аан бастаан ыттарын аһылыгын примуһугар сырайан бөһүтэр, ол эрэ кэнниттэн бэйэтин аһылыгын буһарынар. Тоҥ эккэ ыт тииһэ тулуйбат, оттон тииһэ суох ыт түргэнник ырар, көлүүргэ барбат. Уйбаан примус булунуоҕуттан балаҕаҥҥа бааспат, бу курдук талбыт сиригэр хоноро сыыдам, күнэ-дьыла мээнэҕэ барбат. Аһаата да балааккатын өгдөтөр ураҕаһын ылан кэбиһэр, иһэ бөрө, таһа таба тириитэ утуйар мөһөөҕө хайдахтаах да буурҕаны биллэрбэт. Киэһэ оргуппут чэйин сампаан бытыылкатыгар кутан эмиэ иһэ-таһа түүлээх тирии мөһөөччүгэр уктан утуйар. Сарсыарда сып-сылаас чэйи кытта бөһүйэн да көрбөтөх эти утуйар мөһөөҕүттэн турбакка эрэ аһыыр. Онон хаһаайыннара аһыырын бэл ыттара да билбэккэ хаалаллар.

      Бүгүн тиһэх паастарын эһитэлиэхтээх. Улахан Лээхэптэн кэлэн бу эргин ааһарыгар быйылгы булдун ааҕынан көрбүтэ – алта сүүһү чугаһаппыт этэ. Онон тиһэх сырыытын иннинэ аал уотун аһата-аһата Байанайыттан: «Аакка-суолга алта сүүспүн толорор бэлиэ кырсабын анаан-минээн анаабыллаа дуу… Байанайым барахсан, бааргын-суоххун илэ-чахчы биллэр эрэ. Бачча тухары байанайдаах булчут аатын сүктүм эрээри биирдэ да бэйэҕин биллэрбэтиҥ…» – диэн хаһан да саҥарбатаҕын саҥарбыта, эппэтэҕин эппитэ. Ол этэ-тыына олорон эмискэ этин сааһа аһыллан, куйахата үмүрүтэ туппахтаабыта. Уонтан тахса сыл олорбут балаҕанын атыҥыраабыт курдук эргим-ургум көрбүтэ. Таһырдьа уот ылар мотуора бүтэҥитик бөтүгүрүүрүн курдук, сүрэҕэ тэбис-тэҥҥэ сэлибирээн ылбыта. Оннооҕор үрүҥ