Кабинетын ааныгар күлүк элэс гыммытын хараҕын кырыытынан көрөөт, силиэдэбэтэл эргиллэ оҕуста – тоҥсуйуон дуу эбэтэр аһаҕас аанынан көннөрү киириэн дуу саараҥнаабыттыы, Капитолина тэпсэҥнии турар эбит, кинини көрөн мичээрдээтэ уонна иһирдьэ атыллаата:
– Дорообо, аны эн үлэҕэр көрсүһэр буоллахпыт. Биһиги үлэбитигэр дьон баҕа өттүлэринэн үөрэ-көтө сынньана кэлэллэр, оттон эйиэнигэр бу… – Капитолина сонньуйа-сонньуйа суумкатыттан бэбиэскэни таһааран көрдөрдө.
– Дорообо, дорообо! Соҥҥун уһул, олор. Оттон идэбит чааһынан эттэххэ, хайабыт да үлэтэ туһалаах буолуохтаах, – диэтэ Элиэнэп атын тугу да этиэн булбакка уонна иһигэр Капитолина кэпсэтиини хара ааныттан итинник хайысхалаабытыттан хомойо санаата, дьиҥэр, маҥнай балта өлбүтүнэн кутурҕанын биллэрэр баҕалааҕа.
– Даа, хаһан эрэ самаан сайын, Хара муора кытыла баара, оттон билигин бу – бииртэн биир охсуу… – Капитолина ытамньыйда, куруһубалаах кыра ноһубуой былаатын уһугунан хараҕын сотто-сотто, ботугураата. – Оо, балтым оҕото, Геля, Геля… Туох хара быа биһигини эккирэппит муҥай… Туох аньыыбыт-харабыт иһин…
Элиэнэп кини уоскуйарын күүтэн чочумча саҥата суох кумааҕылары арыйталыы олордо, онтон төбөтүн өндөттө:
– Бастатан туран, балтыҥ Гелена хомолтолоохтук өлбүтүнэн дириҥ кутурҕаммын тиэрдэбин. Иккиһинэн, бэйэҥ да сэрэйдэҕиҥ – бу дьыаланы мин силиэстийэлиибин, онон ыйытыыларбар дьэҥкэтик уонна чопчу эппиэттиэҥ диэн эрэнэбин. Мин баҕам, Капитолина, өлөрүөхсүтү түргэнник булуу…
– Хайдах? – дьахтар былаатын хараҕыттан арааран кинини көрө түстэ. – Оттон өлөрүөхсүт көһүннэ диэбиттэрэ дии…
– Ким? – Элиэнэп ыйыта оҕуста.
– Оттон, ити… милииссийэҕэ. Мин бара сылдьыбыппар эппиттэрэ – Давыдов Федор диэн…
– Ол – алҕас. Давыдов бу дьыалаҕа буруйа суоҕа дакаастанна диир кыахтаахпыт.
– Хайдах? – Капитолина чахчы соһуйбут көрүҥнэннэ, уу-хаар бычылыйбыт харахтара кэҥээтэ, бэйэтэ сирэйдиин уларыйарга дылы гынна. – Кини таҥаһыгар, бэл, Геля хаана таммалаабыт диэбиттэрэ дии, уонна хайдах… Ол Давыдов тойооскуну билэбин, биирдэ Геля биһиккини быһаҕынан анньаары тэлэкэчийбитэ ахан, Геля онтон сылтаан Салдыҥҥа көспүтэ.
Элиэнэп төлөпүөн тырылаабытын ылла, Марианна киэһэ «Лена» кинотеатрга киинэҕэ билиэт ылабын дуо диир.
– Ыл, – диэтэ Захар Захарович уонна туруупканы уурарыгар, бэйэтиниин кэпсэтэрдии, оргууй аҕай саҥарда: – Билигин экспертиза кыаҕа сүрдээх улахан. Холобур, хаан киһи дуу, кыыл дуу киэнэ буоларын быһаарары ааһан, эр киһи дуу, дьахтар дуу киэнэ буоларын, итиэннэ киһи этин ханнык чааһыттан тохтубутун кытта чуолкайдыахпытын сөп. Онон хатылаан оҥоһуллубут экспертиза Давыдов саппыкытыгар биһиллибит хааны эр киһи муннуттан таммалаабыт диэн түмүк оҥордо.