Өлбөт үөстэниэҕиҥ. Иннокентий Колосов. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Иннокентий Колосов
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2022
isbn: 978-5-7696-6610-0
Скачать книгу
айылгытыгар, былыр-былыргыттан, маннык баара – биллибэт! Арааһа, ардыгар, манныгы алтыспыт уонна истибит-билбит омуктарбытыттан ылабыт дуу, хайдаҕый?

      Василий Васильевич саха интэлигиэнсийэтин бүтүннүү биир сүрүнүнэн үлэлииргэ-айарга, биир санаанан кэскили тэринэргэ салайбыта, чуолаан, бу кэмҥэ – бу күннэргэ, барыбытыгар өйдөннө.

      Өйдөөн кэбиһиэҕиҥ: үйэ саҕаланыытын сылларынааҕы түмсүүлэри, «Сахалар сойуустарын», 1912 сыллааҕы съеһи уо.д.а. тэрээһиннэри. Оччолорго даҕаны, туора-маары ыстаҥалыан, ойуоккалыан баҕарааччылар суох буолбатахтара, бааллара ээ! Олору барытын оруннаах, сүбэ-ама, сүгэ-балта тылларынан сөптөөх ыллыкка, суолга төннөрөрүн, билигин кэлэн, ким мэлдьэһиэй?!

      Василий Васильевич ыксатыгар-чугаһыгар сылдьыбыт эбэтэр кини баарын уонна ыллыктаах тылын-өһүн ыраахтан да истэ-билэ сылдьыбыт диэн дьол эбит… Кини бэйэтин солбуйуох ыччаттары бэлэмнээн испитин билигин эрэ болҕойон көрөбүт. Ол дьон кини суолунан сатаан барыахтара уонна салгыы барыахтара дуо? Оннук буолара уонна туолара буоллар, дьол буолуох эбит…

      Гавриил Ксенофонтов, Алексей Широких, Арамаан Оросин, Георгий Ефимов уонна да атыттар, олус үчүгэй уолаттар ээ. Биһиэхэ кэнники ыйдарга быһыы-майгы олус куһаҕан өттүгэр уларыйаары гынна быһыылаах. Ол кэмҥэ куорат иһигэр олоруоҕу баҕарыллыбат… Ханнык баҕарар киһини былыргы өбүгэлэрбит: «Төрдө-төбүрэҕэ өтөр», – дииллэрэ олус сөп!»

      «Мин эмиэ быыс кэмҥэ бар дьонум түөлбэлээн олорор Илин Эҥээргэ таҕыстахпына табыллыыһы», – дии санаата да, үргүлдьү олоххо киллэрэргэ быһаарынна. Кумааҕыларын хомуйан бэрээдэктээтэ. Илдьэ барыахтаах кумааҕыларын, суруйар тээбиринин, харандаастарын хомунан-сааһылаан суумкаҕа угунна. Тохтуу түһэн баран санаата: «Былатыантан суруктаах бардахха табыллыыһы. Инньэ гымматахха чыкаалар тутан, мэһэйдэһэ сылдьыахтара. Былатыан, бэйэтэ улахан хоһоонньут, суруйааччы буолбут ыччат, миигин, убайын, өйүөҕэ. Кинилиин табыллан кэпсэтээччибит. Киниэхэ эрэлим улахан…»

      Сарсыарда губревкомҥа тиийэн, Ойуунускайы аан хоско көһүтэн олордоҕуна, киһитэ бэйэтэ тахсан кэллэ:

      – Оо! Убайым Өлөксөй Дэлиһиэйэбис кэлэн олорор эбиккин дуу?! Тоҕо олороҕун, быһа киириэххин! Эйиэхэ суол аһаҕаһын билбэт эбиккин! Чэ, киирдибит! – уонна бокуойа суох хоһугар илдьэ киирдэ.

      – Дьэ, оҕом, быраатым! Миэхэ көмөлөстөххүнэ сатаныыһы. Манна тыыным-быарым ыгылынна. Дойдубар тахсан суруйуунан, норуот айымньытын хомуйуунан дьарыктаныыһыбын.

      Бу быыс кэмҥэ норуот сээркээн сэһэнньиттэрэ, ырыаһыттара, олоҥхоһуттара өйдөрө-санаалара тыҥаан сырыттахтара дии! Олору истэн, хомуйан хааллардахха – кэнэҕэски ыччат дьон сыаналыахтара этэ.

      Былатыан Өлөксүөйэбис, үлэҥ-хамнаһыҥ үмүрүйүөх курдук буоллаҕына, мин холобурбун батыһыах этиҥ… Онон, эйигиттэн Илин Эҥээр улуустарга тахсарга көҥүл ыла, көрдөһө кэллим, – Өксөкүлээх кыһалҕатын туруору эттэ.

      – Убайым, олус сөпкө быһаарыммыккын! Мин ону хайдах өйүөм суоҕай?! Дьэ, кытаат! Этэҥҥэ, ситиһиилээхтик