Ытар дьоннорун, онно, ытыалыахтарын иннинэ, трибунал комендана уонна бэйэлэрин хамандыырдара: «Бу контрреволюционердар, саагыбарсыктар сир үрдүттэн сиппийиллиэх тустаахтар! Кинилэри аһынар наадата суох! Бирикээһи халбаҥнааһына суох толоруохтааххыт!» – диэн ыҕарыйа былаан эппиттэрэ. Ытыллааччылар сирэйдэрэ-харахтара күлүгүрбүтүөн! Сүрдэрэ-куттара тостубутуон! Арай Николай Желобцов диэн үрдүк үөрэхтээх саха олус кытаанах киһи быһыылааҕа, ытыллаары туран: «Да здравствует Белая Армия!» – диэн хаһыытаабыта.
Кинилэр, эдэр оҕо дьон, ити дьону ыталларын улахаҥҥа уурбатахтара: «Өрөбөлүүссүйэ, сэбиэскэй былаас уонна бассабыык партиятын туһугар тугу баҕарар оҥорор сөп!» – дии саныыллара.
Өлөр өлүү бэйэҕэ тирээн кэлэрэ куһаҕан да буолар эбит! Эдэр сааһа, ийэтэ-аҕата, таптыыр кыыһа, доҕотторо-табаарыстара бары кини кэннигэр хааллахтара! Аата, абатын, дьылҕата иккиһин олох олорору көҥүллүүрэ буоллар, маннык кини бэйэ-бэйэни симэлитэр өлөрсүү суолун талыа суоҕа этэ! Аата, абатын!..
Эккирэтээччилэр олох чугас кэллилэр. Муннуларынан-айахтарынан тыыналлара бургучуйара, өһүөннээхтик көрбүт харахтара субу көһүннэ. Үһүөн тутан иһэр бэрдээннэрин ытардыы ыллылар.
– Не стреляйте! Сдаюсь! – трехлинейкатын хаарга бырахта. Үс саа тыаһа утуу-субуу, атарах-сатарах ньиргийдилэр. Разведчик, аргыый, хаарга сууллан түстэ. Иһийэн турбут кыһыҥҥы тыа иҥиэттэн ылбыт курдук буолла…
Бу кэмҥэ куораттан араас туһаайыыларынан чэкиис хамандыырдардаах аҕыйахтыы байыастардаах кыра этэрээттэр үрүҥнэри чуҥнуур, олохтоох нэһилиэнньэни хонтуруоллуур сыаллаах-соруктаах эрэспиэскэҕэ диэн ааттаан барыталыыллара уонна күнүнэн төннөллөрө.
Мэҥэ улууһун Дьабыыл нэһилиэгиттэн төрүттээх Николай Васильевич Петров62 уонча киһилээх кыра этэрээтинэн Нам туһаайыытынан хаста да сылдьан кэллэ. Ол тухары тугу да дуоннааҕы билбэккэ төнүннүлэр. Үрүҥнэри туоһуластахха, нэһилиэнньэ «билбэттэн» атыннык хоруйдаабата, дьэ, дьикти!
Бүгүн сарсыарда, халлаан сырдыан иннинэ, Петровтаах тохсуо буолан, Нам туһаайыытынан бардылар. Бу сырыыга ыраатар санаалаахтар. Ыҥыыр аттаах буолан, айаннара да түргэн. Марханы, Тулагыны, Киллэми ааһыыларыгар халлаан олох сырдаата. Киллэм дэриэбинэтин ааһан, быраан тэллэҕэр чугаһаан истэхтэринэ, уҥа өттүлэриттэн ойоҕолуу, бөлкөй талахтар кэннилэриттэн, сүүрбэччэ аттаах дьон сааларын илиилэригэр туппутунан тахсан кэллилэр! «Үрүҥнэр!» – дии санаата Петров. Кини дьоно эмиэ сааларын илиилэригэр ыла оҕустулар.
Үрүҥнэргэ диэри баара-суоҕа икки сүүсчэкэ хаамыы эрэ быһыылаах. Үрүҥнэр сааларын туппутунан Петровтааҕы суолларын бүөлүү кэннилэринэн ойуттулар. Кыһыллар, чугуйар суолларын былдьатан, иннилэрин хоту суол устун ыстаннардылар. Түргэнник быраан хоонньугар киирэ охсоору, эниэни өрө сүүрдэн тахсыбыттара: оол курдук,