Эһиги Мукучу Хоһууну кытта кэрийэ бараргытын тохтотон эриэ этигит. Санаан көрдөххө, Мукучу Хоһуун, уолҕамчытыгар оҕустаран, сөпкө өһүргэммит. Бу дойдуга аҕыйах ыйы өлөрөөт: «Биһиги сирбит, биһиги баһылыахпыт», – диэбит курдук олохтоохторго өйдөбүл хаалаары гынна быһыылаах… Чэ, итини сыта-тура бэйэҥ тобулуоҥ… Улуу добдурҕа саҕана туохха эрэ тиистэрбит диэбит, кыргыһы өрө туппут биистэр кэлиэхтэрэ-барыахтара. Эһиги баран хааллаххытына, сирбитин-уоппутун ким көмүскүүр? Эргиллэн, тоҥон-хатан кэлбиккит, томторбут хара чоҕунан көрө сытар буоллаҕына хайдах буолаҕыт? Онон сырыыны-айаны тохтотон, тугун-ханныгын билгэлии түһүөҕүҥ. Хата, томторбутугар табанан, атынан өрө сүүрдэн тахсыбаттарын курдук тугу эрэ дьаһаныах баара… Тумус боотурдары чугаһынан-ырааҕынан суол хайдарыахха, айаннаахтар-сырыылаахтар ханан ыырданалларын билэр куһаҕана суох буолуо этэ. Боотурдары ырааппат курдук дьаһайан, булка аттаран, туруортуур киһи. Ас-үөл хаһааныа, түүлээх мунньунуо этибит. Хайдах-туох кыһын кэлиэ биллибэт…
Туоҕа Боотур араан иннигэр илиитин уунан, тарбахтарын сараччы тутан, уоту одуулаан турбахтыы түстэ:
– Этиэх эттэҕинэ сөп курдук. Дагдаҕар Боотурдаах эргиллэн кэллэхтэринэ сүбэлэһиэхпит. Дьоммут хойутаатылар дии санаабаккын дуо, туохха даҕаны түбэспэтилэр ини…
– Туматтартан эйэнэн ойох кэпсэтэн кэлбит киһини истэ иликпин. Туһунан сиэрдээх-туомнаах дьон ини, – Лүксүрээн өрө тыынан ылла. – Хайдах-туох тэринэллэрин ким билиэй, баҕар, кыыстарын биэрэн ыытаары тэрийэ сылдьаллара буолуо? Дагдаҕар Боотур кыыһын аҕалардыы оҥостон барбыта дии. Кини даҕаны барарын тулуйан-тэһийэн күүтэн биэрдэ быһыылаах. Ааспыт сырыыга кыргыһыы буолбатаҕа буоллар, бу сырыыга биһиги даҕаны барсан, саҥа аймахтары кытта билсэн-көрсөн, ил-эйэ олохтоон кэлиэхпит хааллаҕа.
– Чахчыта оннук. Ол гынан баран, кэм баран иһэр. Туйах төннүбэтэҕиттэн ытырыктатыах курдукпун… Ама эрэ буоллар, төннөн кэлбит буолуо этэ. Биитэр уучаҕынан даҕаны тиэйэн аҕалыа этилэр, – Туоҕа Боотур уоттан тэйэн, төттөрү-таары хаамыталыы, икки ытыһынан сирэйин ньухханна. – Дагдаҕар кэпсээбитинэн, кинилэр манна көмөҕө кэлиилэригэр Амака Хоһууннаах Улахан Эбэ суолун быһан, тоһуйардыы бараары хаалбыттар үһү. Куйарха Хоһууну таныардыыр санаалаахтар диэбитэ. Босхолообут хоһууннарбыт кинилэргэ түбэспэтилэр