Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Иван Андросов-Айанньыт
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6132-7
Скачать книгу
аайданаргыт эрэ бэрт этэ дии… Урааҥхайдар тимир төбөлөөх охторугар илбиһи иҥэрдим. Охтору ыытыаххыт эрэ кэрэх, сылаас хааны бэйэлэрэ булуохтара… – Хаан Илбис кэҥээбит, мээнэ сүүрэлээбит харахтара оннуларын булан, араан уотун сырдыгар дьиктитик кылахачыспыттара. Хоһууннары суптурута көрүтэлии ойон турбута.

      – Истиҥ! Атыыр оҕустуу айаатаан, көрбүттэрин эрэ үҥүүлэригэр үөлбүт, батаһынан кэрчиктээбит, оҕунан тэһитэ ытыалаабыт бороҥ урааҥхайдар эһиги сиргитигэр үктэннилэр! Ааһар адьынаттар буолбатахтар, билэ-көрө сылдьаллар. Уоттаах харахтара хатаннаҕына, ымсыы мэнэгэйэ ыалластаҕына эһиги курдуктары имири эһиэхтэрэ, сир үрдүттэн сүтэриэхтэрэ, – дүҥүрүн табыгырата тула холоруктаммыта. – «Хуух-хаах, хаах». Мин диэтэх киһи хааҥҥа суудайдым… Туоҕа Боотуру түҥнэрдэххитинэ, Лэбиэрийэ Бөҕөнү боҕутуннардаххытына өрөгөйбүт үрдүө! Халыҥ хаһаҕа үҥкүрүйүөхпүт, тимир куйахтаныахпыт, баай-талым олохтонуохпут… «Кулуп-халып, кулуп, кулуп, чулуп, чулуп». Аҕыйах эрдэхтэринэ симэлитиэххэ, суолларын сойутуохха, – диэбитинэн олоро түспүтэ. Туруктан тахса сатыырдыы өрүтэ бөтүөхтүү олорбохтоот, албыннаһан эрэрдии ымаҥныы, ньуолбардаан саҥаран барбыта: – Куттанымаҥ, ити охтор тимир куйахтары билбэккэ ааһыахтара. Биирдиитэ эрэ ытаҕыт уонна ойуурга түһэҕит. Эһиги курдук сымса, сыыдам айылҕа оҕолорун өйдөөн даҕаны көрүөхтэрэ суоҕа. Бу түөлбэ хоһуун хоһууннара эһиги буоллаххыт…

      Ойуунтан хайҕабылы истибэтэх хоһууннар систэрин көннөрөн, өрөһө-чөрбөһө ымаҥнаспыттара.

      – Үнүр түөрт буолан ааспыттара, – Хаан Илбис уолаттар санааларын таайбытыттан үөрэ, салгыы саҥарбыта. – Бөлүүн икки киһи эбилиннэҕэ. Сыыспат буоллахпына, төннөр буоллулар… Туох буолбуттарын суоллуу сатаабатым… Чуоҕуспут суолгутун көрөн куттаммыттар. Туоҕа Боотур сэрэхэчийэр. Үс боотуру суол хайдара инникилэтиэ. Бэйэлэрэ кэннилэриттэн ыксаабакка батыһыахтара. Хайдах айанныылларын билбит баҕайым… Эһиги үс боотуру аһардан баран, кэнникилэри бултаһаарыҥ. Бэйэм барсыам этэ даҕаны, аал уоппун аһатан, эһигини араҥаччылыам… Хучана, ойуун буолуом дии-диигин өҥүргэһинэн көрөрүҥ эрэ бэрт. Эн дьаһайыаҥ… Нойоон, күһэҥэни, – диэн эрдэҕинэ Хучана түөрт атах буолан, Хаан Илбис тэдэнин анныттан араан сырдыгар араҕастыйа кылабачыйар төгүрүк күһэҥэни ороон таһаарбыта. Куттаммыттыы иннигэр тутан аҕалан, ойуун иннигэр уурбута.

      – Куонда, эн диэтэх хоһуун, аташкаан курдук сылбырҕа буоллаҕыҥ. Бу күһэҥэни инники боотурдар ааспыт суолларыттан тэйиччи, күн көрөн кылбачытар сиригэр маска ыйаар. Кирийэн ытар сиргитин кичэйэн оҥостооруҥ. Суолгутун-иискитин сиппийээриҥ. Урааҥхайдар кылбачыйарга бэртэр… Күһэҥэни көрөн, тугун-ханныгын билээри, тиийэн кэлиэхтэрэ. Дьэ оччоҕо алаҥааларгытын дардырҕатаарыҥ… Өйдөөтүгүт дуо? – Хаан Илбис хоһууннары кэриччи көрүтэлээбитэ. – Дьаһайталаатаххытына сэптэрэ-сэбиргэллэрэ эһиэнэ… Миэхэ Туоҕа Боотур моонньугар кэтэ сылдьар сарыы мөһөөччүгүн аҕалаарыҥ. Аһа, көрө сорунаайаххытый! Онно