Тэлиэгэлээх оҕустар уку-суку субурустулар. Олохтоохтор сотору-сотору кэннилэрин хайыһан төрөөбүт төрүт буордарын, тымныыттан-тыалтан, куйаастан-ардахтан хаххалаан иитиэхтээбит иһирэх дьиэлэрин харахтарын далыттан сүтүөр диэри сайыһа көрдүлэр. Саҥа-иҥэ суох, арай оҕустар ыарахан соһууттан ынчыктаан «пуус» гына тыыналлара, көлүөһэлэр лүһүгүрүүллэрэ эрэ иһиллэр.
Улахан Сайылыкка кэлбиттэрэ кэлии-барыы үксээбит, сүпсүлгэн бөҕө. Өрүүнэ Марыынатын көрсөн аҕыйах тылынан кэпсэтэ түстүлэр. Дьүөгэтин көрсүбүтүттэн «аттыбар өйдөһөр-өйөһөр киһилээхпин ээ» диэн бөҕөх санаа киирэн, тулаайах курдук муунтуйа сылдьыбыта дьайҕара быһыытыйан, эгди буолла. Барааччылар бары кэллилэр быһыылаах. Түргэн соҕустук саамыланан, оннуларын булан, сорох сүөһүнү тэлиэгэҕэ холбоон, сороҕун сиэтэн хотоҕос курдук субуһан көс дьоно кыһарыйыы кытаанаҕыттан, үтүргэн күүһүттэн дойдуларын иччитэх хаалларан, сэриигэ сылдьар дьоннорун балыгынан хааччыйаары аргыардаах айан аартыгын арыйдылар, сордоох суол төрдүн туттулар. Хастара эргиллэн кэлэн ахтылҕан хараҕын уутун алааһын өҥ буоругар түһэриэн, көй салгынын эҕирийэ тыынан чэрдийбит тилэҕинэн күөх ньаассын кырыһын устун сүүрүөн, ийэ сирин илгэлээх күүһүн иҥэринэ хаамыан, аар хатыҥар өйөнөн тахсар күн саргылаах сарыалын уруйдуу көрсүөн ким да билбэт. Мас көлүөһэ энэлгэн тойуга доҕуһуоллаах, сиккиэр тыал аргыстаах, көппөх буор күдэригин быыһынан көс дьон айаннаатылар.
Балаҕан ыйа үүнүүтэ хас да хонуктаах сындалҕаннаах айантан атахтарын нэһиилэ соһор көс дьон улуу Эбэ кытылын буллулар. Онуоха-маныаха диэри «һуу» диэтилэр. Кытыл устун киһи-сүөһү бөҕө мустан үөттэр быыстарынан тарҕаһан олороллорун көрөн, атыттар «бу бары көһөн иһэр дьон дуо?» диэн сөҕө да, салла да санаатылар. Айанньыттар, үөттэр быыстарыгар кыра ырааһыйалаах сири булан, түһүктэрин оҥоһуннулар. Балаакка диэн кимҥэ да суоҕа ол иһин синньигэс үөттэри, иирэ талаҕы быһыта сынньан холбуу баайталаан, аҕыйах киһи сытар гына отуу атаҕа туруортаатылар, онтуларын ким туох өрбөхтөөҕүнэн бүрүйдүлэр. Өрүүнэҕэ эмиэ оҕолорунуун сыталларыгар отуу оҕото баайан биэрдилэр.
Кэллэхтэрин күн бэрэссэдээтэллэрэ эр дьону кытта сүбэлэһэн, «туттуохпут» диэн анаан илдьэ кэлбит сүөһүлэриттэн биир баайтаһын ынаҕы үөт быыһыгар кистии-саба астаан дьонноругар түҥэттилэр. Аанньа аһаабакка сылдьар дьон тото-хана эт сиэн, миин иһэн харахтара сырдаата. Тот искэ кыһалҕа да халбарыйарга дылы. Кутаа таһыгар олорон эгди буолбучча үгүһү кэпсэттилэр, сылаалара да таайда быһыылаах эрдэ сытар сирдэрин буллуннулар.
Күһүн обургу күүттэрбэтэ, «манна көс дьоно таһырдьа хоно сыталлар» диэн тохтуу түспэтэ, хаардаах хаһыҥынан хаарыйталаата, курулас ардаҕынан кутта, сытыы тыалынан курдат үрдэ. Борохуоттара кэлбэккэ киһилиин-сүөһүлүүн сөп буоллулар. Тымныйан, сыыстаран, онно эбии ис ыарыыта туран кырдьаҕас, кыра оҕо өлүүтэ