1986. Аргыардаах саас. Иван Сысолятин. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Иван Сысолятин
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 2018
isbn: 978-5-7696-5453-4
Скачать книгу
биири көҥүллээтиҥ да, манна турар ыччаты барытын киллэриэххин наада дэhэллэр», – диэтэ.

      – Оо, куhаҕан эбит! – Степа иhиллэр гына өрө тыынна.

      Таhырдьаттан лаппычах дүлүҥ курдук, намыhах уҥуохтаах түөрт-биэс уол, бэйэ-бэйэлэрин кытта кырдьык-сымыйа икки ардынан тардыалаhан-анньыалаhан, кинилэр аҕай буолан тоҕо анньан киирдилэр. Арыгы иhэн кэлбиттэрин, холуочуктарын кистиэхтээҕэр собус-соруйан көрдөрө, биллэрэ сатыыр курдуктар.

      – Эй, Жора-а, биhиги бу ханна кэллибит? Бу ханнык общаганый? Где я?

      – Бу «Кобылий двор» диэн. Сахалыыта биэлэр тиэргэннэрэ, биэлэр титииктэрэ диэн.

      – О-hо, үчүгэй эбит!.. Дьэ, билигин биир эмэ эрэйдээҕи тардыахпыт, – муус маҥан саал былааттаах, тирии сонноох, «дьуос» баттахтаах уол, икки өттүнэн дьалкыччы хааман, ыччаттар быыстарынан көрүдүөр эрэhиэҥкэ ааныгар тиийэн бокуойа суох тардыалаан лиhиргэппитинэн барда.

      – Эн кимиэхэ кэллиҥ? Туох наадалааххын? Тоҕо ааны тардыалыыгын, тохтоо? Тохтоо! – иhирдьэттэн дьуhуурунай кыргыттар саҥалара кутаалана түстэ.

      – Кимиэхэ даа?.. Суох, оттон мин эhиэхэ барыгытыгар кэллэҕим дии! Оннук сатаммат дуо? Эhиэхэ кэллим да, киириэхтээхпин. Онон бүтэр!

      – Кими даҕаны киллэрбэппит, суох-суох!.. Өссө итирик кэлэ-кэлэҕит!

      – Һы, ол мин бэйэм дьыалам… Сэбиэскэй киhи ханна баҕарар сылдьара көҥүлэ эбээт! Ону эhиги тоҕо туормастаhаҕыт? – уол ааны өссө күүскэ тардыалаан лигиргэттэ. – Кыысчаан, мин… мин эйиэхэ кэлбитим ээ, эн бэйэҥ ыҥырбытыҥ дии!

      – Сымыйалаама! Мин эйигин билбэппин уонна билиэхпин да баҕарбаппын!

      – Өссө айдаарар, тохтообот буоллаххына сибилигин милииссийэни ыҥырыахпыт. Эйиэхэ оннук наада дуо? – Иккис кыыс өссө утары кимэн истэ.

      – Ром, аа, Ром! Кэбис, наhаалаама… чы-хаал диэ кинилэри! Дальше бардыбыт… – Жора диэн ыҥырыллыбыт уол киhитин сонун сиэҕиттэн тардыалаата. – Манна приветлибэйдэрэ суоҕа бэрт эбит. Более-менее уютнай миэстэни булуохпут.

      Атын уолаттар эмиэ киhилэрин ааттаатылар.

      – Ну, ладно, баҕар, буоллун даҕаны… кырдьык, атын үчүгэй сиргэ барыахпыт, – диэт, «дьуос» баттахтаах уол тимир ааны өссө биирдэ ытыhынан охсон лас гыннарда уонна саннын дараччы туттан бытааннык эргилиннэ.

      Ол уолаттар киирбиттэрин курдук, тоҕо ааллаан, силбиэтэнэ силэйэн, тахсан бардылар.

      – Хайа, биhиги манна бу курдук, кыбыллан турабыт дуо? Ханна эмэ хаампаппыт дуо? – Күннэй муус-маҥан, нарын тарбахтарын төбөлөрүнэн уолаттары санныларыттан таарыйан ылла.

      – Кырдьык даҕаны, бардыбыт-бардыбыт! – Илья, курбачыс гынан, бачыыҥкалаах атаҕын биирдэ «лас» гына үктээтэ.

      – Саатар, «Центральнайга» киинэҕэ барыаххайыҥ, – диэн Степа эбэн биэрдэ.

      – Оччоҕо мин таҥнан манна сотору тахсыаҕым… Ээ, арба даҕаны, уолаттаар, маннык баар – хоско бииргэ олорор дьүөгэбин барыс диибин дуо? Настя Максимова диэн сүрдээх сэмэй, үчүгэй баҕайы кыыс. Бэйэтэ Бороҕон.

      – Өссө үчүгэй, өссө табыллар буоллаҕа дии! – Степа ытыhынан Ильяны