Дьэ, биир күн, садырыын уутун атах сыгынньах кэһэн, хапкааннарбын иитэргэ сананным. Чөкчөҥө элбэхтик түһэр дулҕатын төбөтүгэр соруйан оҥорбут курдук куоһахха бастыҥ хапкааммын отунан сабан кичэйэн ииттим. Атыттарын ууга быраҕыллыбыт маска, бадараан боллоҕор уурталаатым. Отунан, ньамаҕынан саптым. Барыларын бэрээдьинэ быаларынан мастарга, чороохторго баайталаатым. Олору бадарааҥҥа батары астым.
Нөҥүө күн эрдэ туран аппабар сүүрдүм. Арай көрбүтүм: уу ортотугар саһархайдыҥы тумустаах, кыһыллыҥы атахтаах, көҕөрүмтүйэр баттахтаах, чөкчөҥөҕө холооно суох улахан көтөр тиэрэ мөтөйөн сытар. Мин, харса суох ууну кэһэн күрүлэтэн тиийэн, үрүҥ биһилэхтээх уһун моонньуттан харбаатым, били мин дулҕа төбөтүгэр ииппит хапкааммын быалары-мастары соһо сылдьыбыт. Итиччэ улахан эрээри, хапкааным чороох маһын сулбу тардан баран, хайдах көтүтэн илдьибэккэ өлбүтүн муодарҕаатым. Уу уҥуор сонос тииккэ уйалаах сымыыт баттыы сытар тураах була охсон, иһин орообут, очоҕоһун субуйбут. Арыый хойутаабытым буоллар, адьас да мэлитиэ эбит.
Бастакы бөдөҥ сиэдэрэйкээн булпун хапкааннары-майырдары соспутунан ууттан тахсан, балаҕаҥҥа тэбинним.
Халҕаны аһа баттаат:
– Ийээ, хаас-хаас! – диэбитинэн көтөн түстүм.
Ийэм, хаҥас диэки тугу эрэ гына сылдьан, соһуйан:
– Оо, оҕом булдун көрбөккүөт?! Атыыр көҕөн бэрийэр бэрдин бултаабыт дии! – диэтэ үөрбүт-көппүт быһыынан. Оттон таайым кэргэнэ Боккуойа:
– Пыы! Мантыккын сиэҥ сиэбит. Очоҕоһо субулла сылдьар… Аньыы! – диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрдэ.
Таайым дьиэҕэ суоҕа. Мин курус гынным быһыылаах. Ону алы гынардыы ийэм:
– Оҕом бастакы дьоһун булдун, кэбис, киэһэ бэйэм сууйан-сотон буһарыам. Иһэ ороммута туох буолуой?.. – диэбитинэн, куспун хапкаантан арааран, хаҥас диэки илдьэн кэбистэ.
– Хата, күөс бастыҥа буолуо, – диэтэ миигин уоскутардыы. – Бар, ыстааҥҥын ыган күрүөҕэ ыйаа, эргэҕин ампаартан булан кэт, – ийэм илийбиппин, тоҥмуппун аһына көрөн, эбэн эттэ:
– Таайыҥ Устар Атахха дугда тутта барбыта. Сотору кус айах буолуохпут. Ирэ таарыйа онно сүүр. Бу лэппиэскэтэ илт. Өйүөтэ суох барбыта. Сэрэн, Нэгэргэ үрэҕин муостатынан туораа. Ууга түһээйэххиний. Үрэх уутун киллэрэн эрдэҕэ…
Таһырдьа ойдум. Ыстааммын ыган күрүөҕэ биллэҕэ бырахтым. Эргэ ыстааммын булан кэттим. Ийэм таһааран биэрбит саппыйалаах лэппиэскэтин ыллым да, Устар Атахха, балачча тэйиччи көлүччэҕэ, ыстанным.
Таайым дугдатын бүтэрэн, отунан бүрүйэ сырыттаҕына, аҕылаан-мэҥилээн тиийдим. Соһуйда:
– Бээрэ, соҕотоҕун кэллиҥ дуо? – диэтэ.
– Соҕотоҕун… Таай, мин бултуйдум…
– Тугу?
– Көҕөн, атыыр көҕөн үһү! – омуннура эттим.
– Бай! Дьэ, Куолахсын да Куолахсын! Миигин баһыйбыккын дии! – таайым үөрэн, от күөҕэ харахтара уратытык мичилийдилэр. Оттон мин булчут киһи үгэһинэн боччумнук тутта сатыыбын.
Көр, итинник, бастакы көҕөммүн чөкчөҥөҕө ииппит хапкааммыттан ылан, соһуччу бултуйан турабын.
ҮС ХАПКААН
Аҕата, убайа суох буолан, Костя атын оҕолор курдук кус оҕотугар тиргэлээбэт этэ. Сылгы кутуругун кылын хатан туһах оҥорор киһитэ киниэхэ суоҕа. Арай тиргэлээх оҕолорго ымсыырара эрэ. Хам-түм кинилэр тиргэлэрин кэрийэллэригэр сылдьыһан, биир эмэ куска тиксэн, дьиэтигэр бэйэтэ бултуйбут курдук үөрэн төннөрө.
Арай биирдэ суолга кини туу оҥорооччу Тоҥсуук оҕонньору утары көрсө түспүтэ. Оҕонньор мас сүгэһэргэ балыктаах тымтайы сүгэн иһэрэ. Сылайбыт быһыылааҕа. Аллара маһыгар кылырдаһар аҕыйах хапкааннаах сүгэһэрин түһэрэн, дэйбииринэн охсуна-охсуна, суулла сытар маска олоро-олоро оҕонньор эгэ-дьаҕа эппитэ:
– Хайа, тукаам, бу хантан иһэҕин? Ханна олороҕун? Кэл, олор, кэпсэтиэх.
Костя, саба түһэр бырдахтартан сапсына-сапсына, кэккэлэһэ олорбута.
– Хаһаарыматтан. Онно ийэбиниин сайылаан олоробут.
– Бэйэҕит эрэ дуо?
– Бэйэбит эрэ…
– Арба аҕаҕыт куоракка буоллаҕа дии?
– Куоракка.
– Тахса сылдьар дуо?
– Тахсыбатаҕа ыраатта…
– Ынахтааххыт дии, бадаҕа?
– Биир ынахтаахпыт.
– Ыатар дуо?
– Ыатар. Сааһыары төрөөбүтэ.
– Өссө ким баарый?
– Ыалдьар эдьиийим Дааса. Эдьиийим Суура холкуоска үлэлиир. Билигин окко сылдьар… Балтым Марыйаана – дьиэ киһитэ. Хараҕынан мөлтөх…
– Оччоҕо уоллара эн эрэ эбиккин дии?
– Оннук.
Оҕонньор балачча саҥата суох олорбохтообута, табаҕын соппойбохтоон баран:
– Хата мин оҕобор хапкаанна биэриим. Моҕотойдо, маттаҕата1 бултаа, – диэбитэ, сүгэһэрин маһыттан сүөрэн