Иэйик хоһуйа. Уххан. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Уххан
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6642-1
Скачать книгу
алаан

      Суоллаан тиийэн

      тутан тэйиэм

      Тыл саарбатын,

      күндү сэгэрдэриэм.

1984 с.

      МИН САХАБЫН

      Арҕаһыттан тэһииннээх

      Айыы хаан аймаҕа – мин!

      Көхсүттэн тэһииннээх

      Күн улууһун оҕото – мин!

      Үс куттаах үтүө-мааны һаха – мин!

      Мин һахабын —

      аймах-билэ дьоммунан!

      Мин һахабын —

      төрөөбүт Ийэ дойдубунан!

      Мин һахабын —

      һаха дэнэр омук баарынан,

      кини тылынан-өһүнэн!

      Мин дьиҥим,

      мин чиҥим – хааммар!

      Мин бэйэм дьиҥмин,

      мин бэйэм чиҥмин!

      Мин ааспытым,

      мин кэлэрим – хааммар!

      Мин бэйэм кэммин,

      мин бэйэм кэрдиибин!

      Мин кэрэм,

      мин дьиктим – хааммар!

      Мин бэйэм дьиктибин,

      мин бэйэм кэрэбин!

      Мин һахабын —

      өбүгэм үгэһинэн,

                        кини эрэлинэн, итэҕэлинэн!

      Мин һахабын —

      омугум көҥүлүнэн,

                        өлөрү кыайбыт өркөн өйүнэн!

      Арҕаһыттан тэһииннээх

      Айыы хаан аймаҕа – мин!

      Көхсүттэн тэһииннээх

      Күн улууһун оҕото – мин!

      Үс куттаах

      Үтүө-мааны һаха – мин!

      СЫРДЫК КҮЛҮК

      Киһи барахсан,

      киэҥ куйаар кээмэйигэр

      эмиэ да кыра,

      эмиэ да улуу

      айымньыгын.

      Эн ааспыт,

                    кэлэр үйэлэри

                    ситимниир

      долоҕой эркээйилээх

              эҥээрдэригэр эҥсиллэҕин.

      Орто дойдуга

      олох буолан хатыланан

      эргиллэн кэлэ турар

      добун долоҕой

      дуораанаҕын!

      Эн, Киһи —

                      үрдүк айыылар

      сиргэ силигилии түспүт

      сырдык сыдьаайдарын

                  күлүгэ буолаҕын!

      Эн ааһар олох айанын

                    мэҥэһик айанньытаҕын,

      бу сиргэ төрөөн

      өлөн төннөр айылгылаах

      күн сирин

                              ыалдьытаҕын!

* * *

                            Айыы киһитэ барахсан

              айааччыҥ эйиэнэ,

                    түһүүлэнэн кэлбит сирэ,

                                түһээн тиийбэт

                түҥ ыраахтан,

      – Далай Куйаартан.

            Эн, Айар Таҥар Аар

              сиргэ сэтэрийэр,

              сириэдийэр-силигилиир

      санаатын толороҕун.

* * *

      Күн Күбэй хотун

      олох төрдүн ууһатаары

      талыыта киирэн

      татакайданнаҕына,

      Умайар уот таһаатыттан

      ытыыр сындыыс

                      сиэмэ-сулустар,

      аҕа халлаантан

      ыанан таммалаан

            Сир ийэҕэ түһэллэр.

      Сырдыы умулла

                      субуруһа тохтон,

      кут буолан кутуллан

                      Оҥоһуу, Дьылҕа,

      Ыйаах суолунан

      орто дойдуга

                          олох кыымын саҕаллар,

      Сир ийэҕэ

      тыынар тыыннаах

      кута буолан,

                          тылла үүнэллэр.

      Ол куттар

                    орто дойдуга

      оҥоһуу быһыытынан

                    олохторо бүтэн,

                          сулустар долоҕойдоругар

              сурахтарын хааллара

          сууралла төннөллөр.

* * *

      Бүппэт эргиир,

          быстыспат ситим,

              туруу барааҥҥа

                  сэтэрээһиннээх, сэлээннээх

                      ылгын айанын

                          тохтоон хаалбат тоорохойо,

                              бүтэн хаалбат салааһына,

                              эн – айыы киһитэ буолаҕын!

* * *

      Кэмэ