Тумаҥҥа симэлийбиттэр. 3 чааһа. Иван Андросов-Айанньыт. Читать онлайн. Newlib. NEWLIB.NET

Автор: Иван Андросов-Айанньыт
Издательство: Айар
Серия:
Жанр произведения:
Год издания: 0
isbn: 978-5-7696-6132-7
Скачать книгу
ии саныы Туоҕа Боотур атыттан түһэн, тыыллаҥалаан ыла, үрэх уҥуоргу кытылын одууласта.

      – Бэдэр, Туйаҕы кытта үрэх икки өттүнэн баран чуҥнааҥ эрэ. Дьон тохтуох, бултаан, балыктаан ааһыах үтүө сирэ эбит. Баҕар, холомо баара буолаарай, аттарбытын сынньатан, сиспитин көннөрөн ааһыа этибит. Биһиги манна күүтүөхпүт. Тугу да булбатаххытына, тоҥ күөс быстыҥынан эргиллээриҥ.

      – Оннук. Туйах, сэтии аттаргын араартаа. Мин аллара түһэн, уҥуоргу өттүнэн барыам, эн үрэххэ киирбэккэҕин, бу кытылынан бараар. Тугу эмэ биллэххинэ, сибикилээтэххинэ суордуу кыланаар, – Бэдэр Боотур Туйаҕы дьаһайа атыттан ыстанан түһэн, ындыытын устан, чараас хаарга олордьу аста. Сүгэ сылдьыбыт ох саалаах куонньалыгын ыҥыырыгар иилэн, атын сиэппитинэн аллара түстэ. Туйах сэтии аттарын бэскэ туомтуу тардаат, мыраан быарын бата сиэллэрэн кудулутта.

      – Туоҕа Боотур, тугу билэ-көрө сылдьаҕын? Ыксыыр бэйэҥ тоҕо наҕылыйаары гынныҥ? – Лэбиэрийэ Бөҕө атыттан түспэккэ эрэ, Туоҕаттан ыйытта.

      – Ээ, түүл-бит арахсан биэрбэт. Куһаҕан битим ханньары тардар… Турайман сиртэн тымныы аҥылыйан, этим-сииним арыллан ылбыта ааспат. Кэннибин хайыһыахпын баҕарабын… Туох эбитэ буолла? Кыайан тойоннообокко эрэйдэнним. Сэпкин-сэбиргэлгин чугас тута сырыт…

      – Һы! Бачча үчүгэйгэ өлөрсө сырыттахпытый… Чэ, ол эрээри, сэрэҕи ыһыктыбатахха сатанар. Кустук оҕунан дьөлө ыппатахтарына көмүскэнэр инибит, – Лэбиэрийэ тула өттүн көрүнэ, аа-дьуо атыттан түһэн, тыыллаҥалаан ыла, тымныы ууну испит сылгылыы дьигиһийдэ. – Ычча, дьагдьайа сыстым ээ. Кулуһуннанарбыт дуу…

      – Бээ, ыксаама. Холомо баар буоллаҕына, ырааҕа суох ини? Күүтэ түһүөх.

      Эмискэ чуумпуну аймаан, суордуу кыланыы иһиллибитэ.

      – Тоҕо түргэнэй, дьоммут тугу эрэ буллулар ээ, бадаҕа, – Лэбиэрийэ Бөҕө иҥэһэтигэр этэрбэһин төбөтүн кэтэрдээт, ыҥыырыттан тардыһан өрө дьэндэйэн тахсан иһэн, олоро түспүтэ. – Мукучу Хоһуун миэхэ сөптөөх аты бэлэхтээн абыраатаҕын, – диэн ботугуруу, тоҥон эрэр көмүрүөнү хордурҕаччы кэстэрэн, хаамтаран барда. Өтөр буолбата, Туйах хаары бурҕатан сиэллэрэн сикситэн кэлэн, тула холоруктатта.

      – Үрэх уҥуоргу кытылын үрдүгэр холомо көстөр. Мантан ырааҕа суох. Бэдэр кэтии хаалла, – диэт, атыттан ыстанан түһэн, Туоҕа Боотур ыҥыырын кэннигэр бааммыт сэтии аттарын быатын сүөрэн холбонно. Бэдэр Боотур ындыытын ылан, атыгар мииннэри быраҕынна.

      Туйах кэлбит суолун батан, Бэдэр ата бааллан турар сиригэр тиийэн кэллилэр. Киһилэрин көрөөрү мэлээриҥнээн эрдэхтэринэ, сонос бэс үрдүттэн Бэдэр ыстанан түстэ. Аттар соһуйан, муҥунан көрө, тыбыырбахтыы үүннэриттэн тардыалаһан бүгүллээмэхтэннилэр.

      – Хайа, миигин көрдүүгүт дуо? – диэбитинэн бэргэһэтин өрө анньына Бэдэр Боотур ытыһынан көмүрүө хаары баһан сиэн хардырҕатта, салгыннаан хараарбыт сирэйэ мылайда.

      – Тууй-сиэ! Бырахтара сыста дии, – Лэбиэрийэ Боотур атын хантаччы тарта. – Соторутааҕыта эрэ хайҕаабытым, ханна баарый?

      – Үөһэттэн көрөөрү тахсыбытым. Суол-иис көстүбэт, хаар тыытыллыбатах курдук. Киирэбит дуо? – Бэдэр Боотур атын сүөрэн, иҥэһэтигэр атаҕын укпакка, ыҥыырын сирэйин тутааҕыттан аҥаар илиитинэн тардыһан иһэн, ыҥыырын үрдүгэр биирдэ баар буола түстэ.

      – Бээ, тохтооҥ! Туохха ыксаан… Үчүгэйдик чинчийэн, көрөн-истэн баран киириэҕиҥ. Туйах, тэйиччи соҕуһунан эргийэн, суолу-ииһи хай. Туох киһи холомото эбитин сылыктаа, – Туоҕа Боотур Туйаҕы тургутардыы көрдө.

      – Сатыы барыым, атахтарым көһүйдүлэр, – Туйах хоруй күүппэккэ эрэ, атыттан ыстанан түһэн, ыҥыырын кэннинэн уста аспыт батаһын сыыйа тардан ылла. Хараҕар саба түспүт бэргэһэтин өрө анньына, киэҥ-киэҥник атыллаталаан иһэн, сүүрэн бырдааттана турда.

      – Көр эрэ! Баардаах кыдьыгырара баар этэ, – Бэдэр Боотур атын хантаччы тарда, тула холоруктатта. – Уолбут илбистэммит курдук барда дии…

      – Сатыы сылдьыах киһини, аттаан-таймалаан эрэйдиибит ээ, быһыыта, – Лэбиэрийэ мүчүҥнээн ылла.

      – Көрөргө-истэргэ сатыыта ордук. Чэ, киириэҕиҥ, – Туоҕа Боотур атын тиҥилэхтээтэ.

      Мастар быыстарынан буор холомо дьылҕан мастара өрө хороһон көстөр буолан истэхтэринэ, үрэх кытылын эниэтиттэн Туйах бурҕачыйан таҕыста.

      – Өтөрүнэн икки атахтаах сылдьыбатах. Туох эрэ омоон суола онон-манан баар. Хаар тибэн кэбиспит. Холомо үрдүгэр бэдэр дуу, сиэгэн кыыл дуу тахса сылдьыбыт бадахтаах. Кэлин эркинин хаара сууллубут. Бука, үөлэһинэн киирээри, халтарыйбыт быһыылаах. Онтон атын суол-иис суох… – Туйах тугу көрбүтүн иһитиннэрдэ.

      – Чэ, үчүгэй. Кэм хаххалаах сиргэ тохтоон, сынньанан ааһыаҕыҥ, – Туоҕа Боотур атын баһын хантаччы тардан, инникилээн, аа-дьуо сэлбэттэ. Кэнниттэн икки өттүнэн тараахтыы, боотурдар хаары бидилитэ хаамтаран ходьоҕолоттулар.

      – Бэдэр, тугу сылыктаан кэллиҥ, тугу биллиҥ? – Туоҕа Боотур ындыытын уста туран, Бэдэр Боотуртан ыйытта.

      – Туйах сылдьыбыт сирин кэҥэтэн эргийэн, суолу-ииһи көрдүм. Холомо иһин чинчийдим. Киһи хараҕа хатаныах суола-ииһэ суох. Хата, бу холомо саҥатык соҕус эбит. Саас, күһүн балыктыы кэлэллэр быһыылаах. Тутуулара урааҥхайдыы. Көлөлөрө суох, туос сатыы сылдьар дьон эбит. Иккиэлэр, биирдэрэ чаачарданар